16 Муус устар 16.04
  • -2°
  • $ 93,59
  • 99,79

Ыраах оройуоттарга биэрэпис 2020 сыл муус устарыттан саҕаланыаҕа

15:16, 25 октября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыраах уонна суола-ииһэ ыарахан регионнарга Бүтүн Россиятааҕы биэрэпис 2020 сыл муус устарыттан саҕаланыаҕа. Ахсынньыга бүтэр. Бу туһунан 1year.strana2020.ru. саайтка суруллар.


Биэрэпиһи муус устар ыйтан саҕалааһын тэйиччи сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга айаны кытта сибээстээх. Ол курдук, ханна эрэ уу эрэ суола, ханан эрэ хаар, муус үллүктээх кыһыҥҥы суол эрэ баар.

Биэрэпис ыраах сытар оройуоттарга дьон хайдах олорорун, үлэ миэстэтэ төһө тиийэрин, оскуолалар уонна балыыһалар ахсааннарын, төрүт култуураны, тылы уонна үгэстэри төһө харыстыыр кыахтаахтарын билиэҕэ.

Россия сүрүн өттүгэр биэрэпис алтынньы 1 күнүттэн 31-гэр диэри ыытыллыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА