Владимир Солодов: АЭБ биһиги итэҕэлбитин толордо

Бүгүн “Алмазэргиэнбаан” – бу үп-харчы института эрэ буолбатах, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын института, диэн баан 25 сыллаах үбүлүөйүнэн өрөспүүбүлүкэ премьер-миниистирэ Владимир Солодов эҕэрдэлээтэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатыгар баан көннөрү үп-харчы института эрэ буолбатах. Кэнники сылларга Арассыыйа бэрэсидьиэнин уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыгын чопчулаабыт хамсатыылаах хайысхаларын олоххо киллэриигэ көмөлөһөн, баан сайдыы институтунан буолар кыахтанна”, — диэн Владимир Солодов бэлиэтээтэ.

Миниистирдэр кэбиниэттэрин баһылыга АЭБ көмөтүнэн Саха сиригэр креативнай индустрия сайдарын, иһитиннэрэр-биллэрэр технологиялар эйгэлэригэр хамсатыылаах дьаһаллар олоххо киирэллэрин, баан өҥөтүн саҥа көрүҥнэрэ сайдалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бу эйгэлэргэ барыларыгар баан инники күөҥҥэ иһэр. Маны сэргэ баан хапытаалы үүннэриигэ, федеральнай рейтиннэргэ аатын-суолун үрдэтиигэ күүскэ үлэлээтэ.

Үйэ чиэппэрин устата баан Саха сирин чэчирии сайдыытыгар үлэлээн кэллэ, үгүһү оҥордо. АЭБ көмөтүнэн туһаммат тэрилтэ диэн өрөспүүбүлүкэҕэ суоҕа буолуо. Саха сирин олохтоохторун үс гыммыт биириттэн ордуга “Алмазэргиэнбаан” өҥөтүнэн хото туһанар. Бу сыллар усталарыгар баан дьон бигэ эрэлин ылла уонна кинилэр иннилэригэр турар соруктары чиэстээхтик толордо”, — диэн түмүктээн эттэ Солодов.

Аркадий Васильев.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ.

This post was published on 12.12.2018 11:28 11:28