Уус Алдантан төрүттээх суруналыыстар ааһан эрэр сыл үтүө бэлэхтэрин туттулар. Кинилэр өр сыллаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанна. “Ааспыт ааспат амтанын” сурукка тиспит, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыт “Сардаана” биэрии ааптарыгар уонна ыытааччытыгар Сардаана Сивцеваҕа — Даана Сардка «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа» аат иҥэрилиннэ. Оттон “Ыраах чугас аймахтардаах” Павел Пермяков – Тэлэкэ Суруналыыстар Аан дойдутааҕы федерацияларын чилиэнэ буоларын туоһулуур дастабырыанньаны тутта.
Уус Алдантан төрүттээх суруналыыстар саҥа дьылы көрсө үрдүк ситиһиилэннилэр. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа» бочуоттаах ааты иҥэрии туһунан өссө Саха сирин урукку Ил Дархана Егор Борисов этэн турар. Оттон от ыйыгар билиҥҥи Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарын сөбүлэҥнэринэн бу бочуоттаах ааты иҥэрэри олохтообута. Соторутааҕыта Саха НКИК «Сардаана» биэриитин ыытааччыта, ааптара, суруйааччы Сардаана Сивцева – Даана Сард «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх суруналыыһа» буолла. Бочуоттаах аат уонна наҕараада хаһаайынын тохсунньуга «Россия прессатын күнүгэр» булуо. Бу Сардаана Яковлевна дьаныардаах уонна кыһамньылаах үлэтин түмүгэ буолар.
Оттон Уус Алдан улууһун олохтооҕо, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Ыраах, чугас аймахтарбыт» биэрии ааптара, ыытааччыта Павел Пермяков – Тэлэкэ Суруналыыстар Аан дойдутааҕы федерацияларын чилиэнэ буоларын туоһулуур дастабырыанньаны тутта. Бу 1926 сыллаахха төрүттэммит түмсүү 140-ча дойдуттан, 600-тэн тахса тыһыынча ахсааннаах, идэтийбит суруналыыһы хабар. “Аан дойдуга буола турар быһыыны-майгыны хайдах баарынан, кырдьыктаахтык дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии. Ити суруналыыс идэлээх киһи бастакы уочараттаах ытык иэһэ”, — диэн федерация чилиэттэрэ, биир тыла суох бука бары билиниэхтээх сүрүн докумуоннарыгар бастакы пуунунан сурулла сылдьар.
Павел Васильевич маннык кэпсээтэ: “Дьиҥэр суруналыыстар Аан дойдутааҕы федерацияларыгар, кини үрдүкү органа бигэргэппит декларациятын билинэр, ону тутуһар, икки сылга биирдэ усунуоһу төлүүр уонна бу эйгэҕэ идэтийэн туран үлэлии сылдьар, Россия суруналыыстарын сойууһун хайа баҕарар чилиэнэ сайабылыанньа биэрэн киириэн сөп. Мин 2012 сыл от ыйын 12 күнүгэр киирбитим. Урукку дастабырыанньалара от күөҕэ дьүһүннээх, дьоҕус кээмэйдээх этэ. Билигин уларытан, улаатыннаран оҥорбуттар. Докумуону тэрилтэ киин штаба баар куоратыгар Брюссельга оҥорон баран почтанан ыыталлар. Биир тылынан эттэххэ, докумуон хаһаайына суруналыыстар аан дойдутааҕы федерацияларын чилиэнэ, идэтийбит суруналыыс буоларын туоһулуур. Тас дойдуларга сүрдээҕин билинэллэр. Кинини көрдөрөн ханнык баҕарар бөдөҥ тэрээһиҥҥэ хааччаҕа суох босхо киирэн устар, хаартыскаҕа түһэрэр, суруйар уонна ону дьоҥҥо тарҕатар бырааптанаҕын. Ону таһынан, общественнай транспорга, музейдарга, быыстапкаларга, спортивнай, культурнай тэрээһиннэргэ көҥүл киирэн устуоххун, наадалаах дьону булан кэпсэтиэххин сөп”.
Ааптардар: Мария АРГУНОВА, Айаал МОЛОКОТИН