19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

«Тыыннаах сибэккилэр» диэн саҥа клип таҕыста

12:53, 11 мая 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Марианна Федотова-Намыына «Дьүөгэлэрим» диэн ырыатыгар дьахтар бу сиргэ аналын туһунан саҥа клип таҕыста. Ырыа Аграфена Павлова-Арыппыана тылларыгар, Намыына матыыбыгар суруллубут.


Клип аата «Тыыннаах сибэккилэр» диэн, онон видеоҕа көстөр ромашка, мимоза, луук, алоэ дьахтар айылгытын бэлиэтииллэр. Манна араас идэлээх, майгылаах-сигилилээх кэрэ куолар олохторо ойууланар.

Режиссер — Дмитрий Никаноров, продюсер — Наталья Лопатина, оператор-постановщик — Серафим Федоров, линейнэй продюсер — Елена Анисимова, менеджер — Ульйана Павлова. Сүрүн дьоруой уобараһын стилист Мария Давыдова, ырыаһыт уобараһын стилист Алла Борисова оҥордулар. Оруолларга: кыыс оҕону Лиза Лыткина, дьоруойдары Саха тыйаатырын артыыһа Ильяна Павлова оонньоотулар.

Клиби «КЭМВИДЕО» айар түмсүү уһулла. 

edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА