24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээбит 3,5 тыһыынча киһи үрдэтиллибит биэнсийэни ылар

12:02, 20 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2019 сыл тохсунньутуттан тыа сирин олохтоохторугар уонна тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээбиттэргэ льготалаах биэнсийэ туһунан нуорма тахсыбыта. Сокуонунан бигэргэтиилээх.


Сокуоҥҥа олоҕуран, 500-тэн тахса тыа сиригэр үлэлиир идэлэр бэрэстэбиитэллэрэ страховой биэнсийэлэригэр үрдэтиллибит төлөбүрү ылаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 3562 Саха сирин олохтооҕо бу быраабынан туһанар диэн РФ Биэнсийэҕэ фондатын СӨ салаатын управляющайа Георгий Степанов эттэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, сэбиэскэй уонна Россия биэнсийэтин сокуонун историятыгар тыа сирин олохтоохторугар анаммыт бу бастакы льгота буолар. Кээмэйэ 25% — ол эбэтэр ыйдааҕы биэнсийэҕэ 1335 солк. эбиллэр.

Төлөбүрүнэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр, 30 сылтан кырата суох үлэ ыстаастаахтар, тыа сиригэр үлэлээбиттэр уонна билигин онно олорооччулар хабыллаллар.

«2019 сыл устата бу сокуонунан уларытыылары киллэрии кэмэ. Онон, өскөтүн киһи сөптөөх докумуоннарын толорон, сайабылыанньатын киллэрэр түгэнигэр киниэхэ 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хат ахсаан оҥорон бэриллэр», — диэтэ Степанов.

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн сайабылыанньаларын киллэрбит дьоҥҥо хат ааҕыы 2020 сыл олунньутуттан көрүллэрин эбэн эттэ Степанов.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА