Тыа хаһаайыстыбатыгар анаан сири босхо биэрии бэрээдэгэ киириэҕэ

Уһук Илиҥҥэ сири түҥэтии сокуонун чэрчитинэн Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын сайыннарыыга анаан сири босхо биэрии механизымын толкуйдууллар. Ити туһунан ыам ыйын 12 күнүгэр «Радио России — Саха» «Аһаҕас кэпсэтии» биэриитигэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов эттэ.


«Туох-ханнык иннинэ Уһук Илиҥҥэ гектар сири биэрии сокуона өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун туһугар үлэлиэхтээх. Туспа сокуону оҥоруу буолбатах, мин быһаччы сорудахпынан фермердэргэ сир босхо бэриллэр бэрээдэгэ киириэҕэ. Хомойуох иһин, бу боппуруос кэмигэр быһаарыллыбакка хаалбыта. Билигин гектар сири босхо түҥэтэр, сири биэрии механизмын сүрүннүүр федеральнай сокуон күүһүгэр киирдэ», —диир Е.Борисов.

Саха сирин баһылгын көҕүлээһининэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга анаан сир босхо бэриллиэҕэ. Егор Борисов этэринэн, ити саҕалааһын хайдах быһыылаахтык олоххо киирэрэ быйыл бэс ыйыгар диэри сүрүннэниэхтээх.

This post was published on 13.05.2016 11:10 11:10