23 Муус устар 23.04
  • $ 93,25
  • 99,36

Тускул сэрэтэр: «Бээтинсэттэн ыла дьиэҕититтэн ыраатымаҥ!»

09:02, 29 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ сотору-сотору улахан тыал түһэр буолла. Сылыйан испит халлаан эмиэ тымныйан эрэр.


Халлаан тоҕо маннык  уларыйбытын туһунан норуот синоптига Тускул араадьыйаҕа маннык быһаарда:

— Быйыл хахсык саас буолла. Онон муус устарга сылыйа-сылыйа тымныйыаҕа. Бу күннэргэ ичигэс халлааннаах  Бүлүү эҥээр улуустарга тымныйда: күнүс — 10, түүнүн — 24 кыраадыс тымныы. Өлүөхүмэ улууһугар эмиэ түүн 17 кыраадыс тымныы. 

Өймөкөөҥҥө уонна Дьааҥыга күнүс 13-14,  түүн 34-36 кыраадыс тымныы. Муома, Абый эҥээр түүн эмиэ отуттан тахса кыраадыс тымныы. Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар —  түүн -27-32, күнүс — -20-18 кыраадыс. Тымныы күн-дьыл Аллайыахаҕа турар: түүн — -31-34, күнүс — -24-22. 

Кэлэр нэдиэлэҕэ, муус устар саҥатыгар, киин улуустарга күнүс -5, түүн -15 кыраадыс тымныы бэлиэтэниэҕэ. 

Сарсыҥҥыттан  Бүлүү эҥээр улуустарга сөкүүндэҕэ 12-14 м түргэннээх күүстээх тыал түһүөҕэ. Тыал күүһүрэр кэмигэр 15-18 м түргэннээх буолуоҕа. Бүлүү эҥээр улуустарыттан саҕаламмыт тыал Эдьигээнинэн Кэбээйигэ тиийэ кэлиэҕэ. Тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 18-17 м буолуон сөп. Бу олус күүстээх тыал. Чэппиэргэ саҕаламмыт күүстээх тыал бээтинсэҕэ Горнай улууһугар биллиэҕэ. Онтон Намынан киин улуустарга уонна киин куоракка биллиэҕэ. Онон бээтинсэттэн саҕалаан бэнидиэнньиккэ диэри туох да киирбэт-тахсыбат күүстээх тыала түһүөҕэ. Бээтинсэҕэ Дьокуускайга тыал күүһэ сөкүүндэҕэ 18-19 м түргэннээх буолуоҕа. Ол эрээри күүстээх тыал субуота күн «өрөтөн» баран, өрөбүл күн 14-15 м түргэннээх тыал илин эҥээр улуустары эмиэ хабыаҕа. 

Ордук «Лена» федеральнай трассанан айаннааһын кутталланыаҕа. Алдан уонна Нерюнгри туһаайыынан оптуорунньукка диэри тибии түһүөҕэ. Тибии типпит суолунан айанныыр кутталлаах.  Онон бу өрөбүллэргэ ыраах айанныыртан туттунуҥ. Балыксыттарга ордук сэрэхтээх буолсу. Тибии типтэҕинэ массыына иннинэн да кэннинэн барбат буолан хаалар.

Синоптиктар бэлиэтиллэринэн, сөкүүндэҕэ 16 м түргэннээх тыал киһи олоҕор кутталлаах. Оттон бээтинсэттэн ыла түһэр күүстээх тыал 16-17 м түргэннээх. Бу өрөбүллэргэ дьиэҕититтэн ырааппат гына былааннаныҥ, — диэн сүбэлиир Тускул.

Норуот синоптига бэлиэтииринэн, Иркутскай уобалаһыттан иһэр итии салгын хотуттан кэлбит тымныы салгыны кытта алтыспытын түмүгэр күүстээх тыал иһэр. Онон сарсын Бүлүү улуус эҥэрдэригэр олорор дьон күүстээх тыалтан сэрэниҥ. Бээтинсэттэн ыла киин улуустарга олорооччулар 16-17 м түргэннээх тыалтан сэрэхэчийэр кэммит үүнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА