Тиксиилэр Арассыыйа былааҕын күнүн бэлиэтээтилэр

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр Тиксии олохтоохторо Арассыыйа былааҕын күнүн бэлиэтээтилэр.


Былааҕы туппут холуонна оройуоннааҕы дьаһалта дьиэтиттэн Культурнай-спортивнай комплекска диэри хаамтылар. Үөрүүлээх миитин кэнниттэн култуура үлэһиттэрэ олохтоохторго уонна ыалдьыттарга анаан кэнсиэрдээтилэр. Кэнсиэр бүтүүтэ тэрийээччилэр кэлбит дьону барыларын былаах иннигэр уопсай хаартыскаҕа түһүүгэ ыҥырдылар уонна үөрүүлээх тэрээһини бары бииргэ үҥкүүнэн түмүктээтилэр.

This post was published on 23.08.2016 10:38 10:38