25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ олохтонно

12:30, 03 апреля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Евгений Чекин салалталаах бырабыыталыстыба мунньаҕар 2017 сыл IV кыбаарталыгар тиийинэн олоруу алын кээмэйин олохтоотулар. Онон өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр ортотунан 16 610 солк., үлэлиир дьоҥҥо 17 628 солк., биэнсийэлээхтэргэ 13 338 солк., оҕолорго 17 029 солк. тэҥнэстэ.


Хотугу улуустарга — нэһилиэнньэҕэ ортотунан 20 060 солк., үлэлиир дьоҥҥо 21 398 солк., биэнсийэлээхтэргэ 16 490 солк., оҕолорго 20 400 солк. буолла. Манна Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Аллара Халыма, Үөһэ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Усуйаана, Эбээн Бытантай улуустара уонна Мииринэй оройуонун  Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай куорат киирэллэр.

Иккис зонаҕа — нэһилиэнньэҕэ ортотунан 16 197 солк., үлэлиир дьоҥҥо 17 190 солк., биэнсийэлээхтэргэ 12 952 солк., оҕолорго 16 604 солк. Манна Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай куорат киирэллэр.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйин босуобуйалары, субсидиялары, о.д.а. ааҕарга туһаналлар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар