Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 60 миллиард кэриҥэ солкуобай киирдэ

Саха сирин үбүн миниистирэ Валерий Жондоров өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын планернай мунньаҕар 2018 сыл тохсунньу ыйтан муус устар ыйга диэри үп-харчы туругун туһунан отчуоттаата.

Нолуоктан киирбит дохуот — 36,6 млрд солкуобай.

Валерий Жондоров барыллааһын чахчыларга олоҕуран иһитиннэрбитинэн, бу сыл тохсунньу-муус устар ыйдарыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 59 млрд 167 мөл солкуобай кээмэйдээх дохуот киирбит. “Хамнас уонна социальнай төлөбүрдэр, ол иһигэр үлэлээбэт нэһилиэнньэ медицинскэй страхоката толору кээмэйинэн хааччыллар”, — диэн бэлиэтээтэ Жондоров. Егор Борисов бырабыыталыстыба үбүн дьаһайар блогар нэһилиэнньэ ортотугар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай иэһин кээмэйин туһунан өйдөтөр үлэни ыытарыгар сорудахтаата. Ити 2018 сыл муус устар 1 күнүнээҕи туругунан 50 млрд 683 солк тэҥнэһэр.

Айаал Яковлев.

This post was published on 04.05.2018 15:21 15:21