19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Суол халтараан. Сэрэхтээхтик сылдьыҥ!

17:30, 20 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Суолга куттал суох буолуутун кэтиир иниспиэксийэ үлэһиттэрэ хаар түспүтүнэн, халтараан буолбутунан, суолга болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буоларга ыҥыраллар.


«Суоппардар суол быраабылатын тутуһаргыт булгуччулаах. Түргэнник айаннаамаҥ, соһуччу эргийиилэри, тохтооһуну оҥорумаҥ. Халтархайга саахал тахсыан сөп. Халлаан сылыйбытынан сибээстээн, доруобуйаҕыт туругун көрүнүҥ. Маны таһынан, төрөппүттэр оҕолоргутун анал олбоххо олордон тиэйиҥ», — диэн ГАИ үлэһиттэрэ сэрэтэллэр.

Сатыы сылдьар дьон светофор күөх уотугар эрэ суолу туорууллара булгуччулаахтык ирдэнэр. Түүн, эбэтэр хараҥа кэмҥэ уокка кылбачыйан көстөр таҥастаах сылдьыҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар