20 Муус устар 20.04
  • 13°
  • $ 93,44
  • 99,58

Сунтаарга тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата толору үлэлиир

12:11, 11 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэнники сылларга Сунтаарга тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-харайыыта суох оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы тустаах бырагырааманан элбэх үлэ барар. Бэҕэһээ улуус баһылыга Анатолий Григорьев тулаайах эдэркээн дьоҥҥо саҥа дьиэ күлүүһүн туттарда.


Анатолий Григорьев Сунтаар улууһун урбаанньыттарын аатыттан саҥа дьилээхтэргэ миэбэл атыылаһалларыгар анаан 15 000 солк. суумалаах сэртипикээти уонна сэмэй бэлэхтэри анаата.

Дьиэлэр бары аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир тупсаҕай оҥоһуулаахтар. 2019 сылга улуус бүддьүөтүгэр 18 782 400 солк. көрүллүбүтэ. Ааспыт сылга уопсайа 9 толору хааччыллыылаах дьиэ ылыллыбыт: Маар Күөлгэ 1, Тойбохойго 1, Сунтаарга 3 саҥа дьиэ, 4 кыбартыыра.

2020 сылга тустаах бырагырааманан биэс тулаайах дьиэнэн хааччыллыаҕа.

Ааптар: Гаврил АНДРЕЕВ. https://ulus.media/2020/02/06/suntaarga-s-g-r-j-uonna-jetitii-sylyn-aryjdylar/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА