17 Муус устар 17.04
  • -8°
  • $ 94,07
  • 99,93

Социальнай хантараак үбүлээһинэ улаатыа, хайысхата кэҥиэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2019 сылга социальнай хантараак чэрчитинэн 293,1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах судаарыстыбаннай көмөнү 3,5 тыһыынча ыал ылан туһаммыт. Ол туһунан СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ.


2012 сыллаахха Саха сирэ РФ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пилотнай бырайыагар киирсэн, социальнай хантараагы түһэрсиини саҕалаабыттара. Ити сыл судаарыстыбаны кытта социальнай хантараагы үс улуустан: Намтан, Бүлүүттэн уонна Өлөөнтөн 18 дьиэ кэргэн түһэрсэн, ортотунан 100-түү тыһыынча солкуобай харчыны ылан, бэйэ дьыалатын арынан, эбии дохуот аахсар буолбута.

Владимир Путин Анал этиитигэр  социальнай хантараак дьадайыыны утары охсуһууга дьиҥ чахчы көдьүүстээҕэ биллэн, бу уопуту атын эрэгийиэннэргэ тарҕатар туһунан эппитэ. Саха сирэ бу үлэни 2010 сылтан саҕалаабыт буолан, РФ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит уопутун биир бастыҥынан сыаналаан, атын эрэгийиэннэргэ тарҕатар сыаллаах форумҥа ыҥырбыта. Миниистир Елена Волкова форумҥа тиийэн, бу көмө хайдах-туох оҥоһуллан кэлбитин туһунан сиһилии кэпсээбитэ. Социальнай хантараагы бастайааннай үлэтэ суох, эбэтэр тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах дьон ылар кыахтаахтар. Элбэх оҕолоох ыалларга бастакы уочарат биэрэллэр. “Аччык киһиэхэ балыгы буолбакка, күөгүнү биэр” диэн өс хоһооно баар. Олус сөптөөх этии. Тоҕо диэтэххэ, аччык киһи балыгын сиэн кэбиһэн баран, сарсыҥҥы күнүттэн эмиэ аччыктаан барар. Оттон күөгүнү ыллаҕына, хас күн аайы бэйэтэ балыктаан, айаҕын булунар кыахтаах.

Социальнай хантараагы биэс сылга биирдэ эрэ биэрэллэр. Сайабылыанньалаах киһи үлэ булан, дохуот киллэрэн, дьарыктаах буоларыгар уонна хаһаайыстыбатын сайыннаран, дьиэ кэргэнин иитэригэр, уопсайынан, ыарахан балаһыанньаттан тахсарыгар көмөлөһөр сыаллаах. Елена Волкова бэлиэтээбитинэн, социальнай хантараак үбүлээһинэ эрэ буолбакка, хайысхата эмиэ кэҥиир. Билигин ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ эмиэ биэрэр буоллулар. Манна үлэ булалларыгар, үөрэнэллэригэр, быраап, уйулҕа өттүнэн көмөнү ылалларыгар туһуланар. Онон судаарыстыбаннай социальнай көмөнү ылааччы уопсай ахсааныттан 16%-ра социальнай хантараагы туһаммыт дьон.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА