Сахалыы "Ый халандаара" тахсыаҕа

Кэлэр 2019 сылга Саха сиригэр күннээҕи олоххо туттуллар, оҕуруокка уонна үүнээйи олордуутугар аналлаах ый халандаара (лунный календарь) тахсарын туһунан ватсаап ситимин нөҥүө тарҕаммыта. Халандаарга өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оҕуруотчуттар Евдокия Степановна Гаврильева-Сибэкки Дуунньа, Агафья Афанасьевна Тарасова ыйдарынан туһаайан сүбэлэрэ баар буолуохтара.


Халандаары таһаарарга биологическай наука хандьытаата, Дьокуускайдааҕы ботаническай саад, ИБПК СО РАН ыстаарсай научнай үлэһитэ, эмтээх отторго исписэлиис Варвара-Сайдыына Васильевна Семенова ылсан үлэлэһэр.

Мин ааспыт сыл Москубаҕа олорор уон биир сыл астрологынан үлэлиир Людмила Викторовна Смиронованы кытта билсэн, сахалыы ыйынньык халандаары оҥорорго этии киллэрбиппэр сөбүлэҥин биэрбитэ.

Бу иннинэ миэхэ «Бичик» кинигэ кыһатын дириэктэрин солбуйааччыта Сардаана Петровна Габышева миэхэ сахалыы халандаары оҥорорго этиилээх тахсыбытыгар сөбүлэһэн, бастакы халандаарбыт тахсыбыта. Хойутаан оҥоһуллубут буолан, атыыга улаханнык барбатаҕа. Быйыл оҥорор ый халандаарын эрдэттэн ылсыһан, дьоҥҥо иһитиннэриини эрдэттэн тарҕаттыбыт. Халандаар ахсынньы ый ортото оҥоһуллан атыыга тахсыахтаах. Манна күннээҕи олоххо туттуллар табыгастаах сүбэлэр, ый сиргэ, дьоҥҥо, кыылларга дьайыытын туһунан, дьахталларга, эдэр кыргыттарга уонна сүрүнэ оҕуруот уонна саад үлэтинэн дьарыктанааччыларга аналлаах буолуоҕа, — диир ааптар. Кини эмтээх үүнээйилэри айылҕаҕа кэтээн көрүүнэн 18-с сылын дьарыктанар.

Халандаар дьоруойа Евдокия Гаврильева Мэҥэ-Хаҥалас Суола-Мооругуттан төрүттээх. Оҕо сааһыттан сибэкки эйгэтигэр улааппыт буолан, сибэкки, оҕуруот аһын арааһын олордуутунан дьарыктанан өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ сүбэһитинэн биллэр.

Агафья Тарасова Ньурба улууһун Антоновка нэһилиэгиттэн төрүттээх. Куонаанаптар уон оҕолоох дьиэ кэргэннэригэр улаханнара буолар. Аҕалара Афанасий Семенович ийэлэринээн Евдокия Михайловналыын оҕуруотунан дьарыктанан, оҕуруот аһын арааһын олордоннор, Агафья оҕо сааһыттан көмө киһитэ буолан улаатан, ыстаастаах оҕуруотчут.

Ааптар: Антонина Семенова

This post was published on 21.11.2018 15:13 15:13