Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланна

Ыам ыйын 7 күнүттэн Департамент бирикээһинэн Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Өлүөхүмэ, Таатта, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай лесничестволарыгар ойуур фондатын сиригэр баһаартан сэрэхтээх кэм саҕаланна.

Өрөспүүбүлүкэ итинтэн атын улуустарыгар ыам ыйын 10-15 күннэриттэн саҕаланыаҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ойуурга сыһыаннаһыыга департамена ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһаргытыгар ыҥырар.

СИА.

This post was published on 07.05.2018 16:20 16:20