28 Кулун тутар 28.03
  • -11°
  • $ 92,59
  • 100,27

Саха сиригэр тиийинэн олоруу кээмэйэ 17 567 солк

11:01, 27 мая 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ миниистирдэрин кабинета 2020 сыл бастакы кыбаарталыгар нэһилиэнньэ тиийинэн олоруутун кээмэйин бигэргэттэ. СИА үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн суруйар.


Тиийинэн олоруу кээмэйэ өрөспүүбүлүкэҕэ — 17 567 солк. Үлэлиир нэһилиэнньэ — 18 579 солк., биэнсийэлээхтэр – 14 076 солк., оҕолорго – 18 383 солк.

Бастакы зонаҕа: Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай оройуоннара, Айхал бөһүөлэгэ, Удачнай куорат — 20 412 руб., үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 21 785 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 16 775 солк., оҕолорго – 21 109 солк.

Иккис зонаҕа: Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус-Майа, Хаҥалас, Чурапчы оройуоннара уонна куорат уокуруга — 17 233 солк., үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 18 217 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 13 745 солк., оҕолорго – 18 048 солк.

Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 3,7% улаатта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА