24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйин олохтоотулар

19:00, 29 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин миниистирдэрин кабинета премьер Евгений Чекин ыыппыт мунньаҕар 2017 сыл төрдүс кыбаарталыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тиийинэн олоруу алын кээмэйин бигэргэттилэр.


Нэһилиэнньэ дууһатыгар бу 16610 солкуобайга тэҥнэһэр, үлэлиир дьоҥҥо – 17628 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ – 13338 солкуобай уонна оҕолорго -17029 солкуобай. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ икки зонатыгар кээмэй эмиэ олохтонно.

Бастакы зонаҕа нэһилиэнньэ дууһатыгар -20060 солкуобай, үлэлиир дьоҥҥо – 21398 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ – 16490 солкуобай уонна оҕолорго – 20400 солкуобай.

Бастакы зонаҕа киирэллэр: Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай, ону тэҥэ Айхал бөһүөлэк уонна Удачнай куорат.

Иккис зонаҕа нэһилиэнньэ дууһатыгар – 16197 солкоубай, үлэлиир дьоҥҥо – 17198 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ – 12952 солкуобай уонна оҕолорго — 16604 солкуобай. Бу бөлөххө киирэллэр: Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мирнэй (Айхал бөһ. уонна Удачнай куораттан уратылар), Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах Дьокуускай куорат.

Санатан эттэххэ, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ босуобуйалары, субсидиялары уонна атын социальнай төлөбүрдэри олохтуурга туһаныллаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар