19 Кулун тутар 19.03
  • -16°
  • $ 91,98
  • 100,24

Саха сиригэр табаһыт күнэ олохтонно

13:01, 10 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ атырдьах ыйын 9 күнүгэр 1368№-дээх ыйааҕынан Саха сиригэр табаһыт күнүн олохтоото. Бэлиэ күн сылын аайы кулун тутар ый маҥнайгы субуотатыгар бэлиэтэнэр буолуо. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.   


Ыйаах Саха сиригэр табаһыт идэтин өрө тутар, аҕыйах ахсааннах омуктар төрүт дьарыктарын, олохторун укулаатын үйэтитэр сыаллаах.

Өрөспүүбүлүкэҕэ таба ахсаанын элбэтэргэ, эдэр табаһыттары идэҕэ сыһыарарга ситимнээх үлэ барар. Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтэ 35-гэр диэри саастаах, түөрт сылтан итэҕэһэ суох табаһытынан үлэлээбит эдэр дьоҥҥо олорор усулуобуйаларын тупсарарга 1 мөл солкуобай биир кэмнээх көмө харчы көрөрүн туһунан бырайыак барылын бэлэмнээбит.

Өрөспүүбүлүкэ 21 оройуонугар 48 таба хаһаайыстыбатыгар 236 эдэр табаһыт үлэлиир. Бу дьон бырагыраамаҕа хапсыахтарын сөп.

Сайаапканы тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ хомуйуо.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА