20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

Саха сиригэр оҕолоох ыаллары өйүүр саҥа бырагырааманы оҥоруохтара

11:32, 05 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэрэсидьиэн Владимир Путин туһаайыытыгар олоҕуран, Саха сиригэр оҕолоох ыалларга саҥа өйөбүл миэрэтин киллэриэхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Саха сирэ, иннин диэки!» биэриигэ эттэ.


«Туһаайыы бастатан туран төрөөһүнү элбэтэргэ, оҕолоох ыаллары өйүүргэ саҥа кыаҕы биэрдэ. Маннык өйөбүл урукку өттүгэр олох суоҕа. Ол курдук, 7 саастарыгар диэри босуобуйа, оскуола саастаах оҕолору итии аһылыгынан хааччыйыы, ийэ хапытаалыгар уларыйыылар», — диэтэ Айсен Николаев.

Маны барытын олоххо киллэрэргэ триллион солкуобайы кыайбат үп-харчы наада. Ил Дархан этэринэн, Саха сиригэр оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэ элбэх.

«Өссө хайдах гынан дьиэ кэргэни өйүүрбүтүн толкуйдуохпут. «Элбэх оҕолоох ыал» буолла да, «дьадаҥы ыал» диэн буолуо суохтаах. Саҥа миэрэлэр «социальнай хантараак» систиэмэтинэн киириэхтэрэ. Дьиэ кэргэн харчыны тус хаһаайыстыбатыгар эбэтэр тус дьыалатыгар ыытарын курдук», — диир Айсен Николаев.

Дьиэ кэргэни өйүүр миэрэҕэ 2019 сылга бүддьүөттэн 200 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт, 2020 сылга 330 мөлүйүөн былааннанар, диэн суруйар НВК «Саха».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА