28 Кулун тутар 28.03
  • -13°
  • $ 92,59
  • 100,27

Саха сиригэр аан бастаан C2inomed мониторины туһанан эпэрээссийэ оҥоһулунна

11:45, 23 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа—Суһал медицинскэй көмө киинин сыҥаах-сирэй хирургиятын отделениетыгар кулгаах аттынааҕы сил былчархайдарыгар булкаастаах искэни суох оҥорорго C2inomed мониторины туһанан эпэрээссийэ аан бастаан оҥоһулунна.


Эпэрээссийэ сирэй ньиэрбэтигэр сыһыаннаах буолан, хирург үрдүк маастарыстыбатын эрэйэр. Үгүс салааҕа үлэлиир хирурдар эпэрээссийэ кэмигэр ньиэрбэ бүтүн буолуутун бэрэбиэркэлииллэрэ эрэйиллэр. Онон, бу нейрофизиологическай мониторинг мэдиссиинэ үгүс салаатыгар эпэрээссийэ куттала суох оҥоһулларыгар булгуччулаах усулуобуйанан буолар.

Эпэрээссийэни бу балыыһа сыҥаах-сирэй хирура Иван Чалыев оҥордо. Эпэрээссийэ ситиһиилээхтик ааспытын туһунан кини маннык кэпсээтэ:

— C2inomed мониторинг көмөтүнэн эпэрээссийэ 18 саастаах кыыска оҥоһулунна. Кини туруга билигин үчүгэй, сирэйигэр былчыҥнарын күүһэ намтаабата (парез суох). Мэйии биир кэлим буоларыгар көмөлөһөр мониторинг ньиэрбэ бүтүн буоларыгар көмөлөһөр аналлаах. Тоҕо диэтэххэ, сүрүн тымырдар уонна ньиэрбэлэр манна хардарыта дьайыылаахтар. Мониторинг хирург эпэрээссийэ кэмигэр өйүн-санаатын түмэригэр уонна ньиэрбэлэр чугас баалларын сэрэтэригэр эрэллээх буоларыгар көмөлөһөр.

Оттон «Inomed» бэрэстэбиитэлэ, эпэрээссийэҕэ кыттыбыт Михаил Андреев:

— C2inomed эпэрээссийэҕэ күн аайы туттарга анаан оҥоһуллубут. Аппарат туһаныллар эйгэтэ олус киэҥ: бырчалхай эпэрээссийэтигэр, сирэй ньиэрбэтин мониторинныырга, лор-хирургияҕа, бас уҥуоҕа-мэйии эпэрээссийэлэригэр, периферическай ньиэрбэлэр хирургияларыгар, сис тоноҕоһун эпэрээссийэтигэр уо.д.а. Эпэрээссийэ кэмигэр саҥарар компрессор динамик нөҥүө ЭМГ сигнала үчүгэй акустикалаах буоларын хааччыйар.

Хирурдар этэллэринэн, сирэйгэ, кулгаах таһыгар уонна чэчэгэй уҥуохтарыгар, былчархайга уо.д.а. эпэрээссийэлэргэ сирэй ньиэрбэтэ быһа охсуспата – улахан сорук уонна эппиэтинэс. Билигин үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэри оҥорорго сыҥаах-сирэй хирурдарыгар, нейрохирурдарга уонна лор-хирурдарга “C2inomed” аппараат улахан көмөлөөх буолуоҕа.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан Зоя ИГНАТЬЕВА

Ааптар хаартыскалара

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА