29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

Саха сиригэр 2017 сылга 53 социальнай эбийиэк тутулунна

16:45, 31 января 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Былырыын инвестиционнай бырагырааманан уопсайа 53 социальнай эбийиэк тутулунна. Манна барытыгар бүддьүөттэн 15,8 млрд солк. көрүллүбүтэ. Ол иһигэр 8 оскуола, 26 оҕо саада, ону таһынан, доруобуйа харыстабылыгар – 6, култуураҕа – 7, спорка – 4, социальнай эйгэҕэ – 2 эбийиэк.


Олорор дьиэни тутууга, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ эмиэ үчүгэй көрдөрүүлэхпит. Ол курдук, былырыын 634,6 тыһ. кв. м. иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааманан, биэс сыл иһигэр уопсайа 11682 дьиэттэн 29753 киһи көһөрүлүннэ. Ил Дархан Егор Борисов бэлиэтээбитинэн, быйылгыттан өрөспүүбүлүкэ бу бырагырааманы салгыы ыытыаҕа. РФ тутуутун министиэристибэтин кытары пилотнай бырайыагы толкуйдуу сылдьаллар.

Сибээс эйгэтин ыллахха, былырыын 21 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 1762 км уһуннаах оптоволокно ситимэ тардылынна. Уопсайа билигин 94 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа түргэн-тарҕан интернет ситимэ киирдэ. Ону сэргэ, 390 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 10 босхо канаал көстөр буолла.

Бу боппуруоһу түмүктээн эттэххэ, кэнники сылларга уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 18922 эбийиэк үлэҕэ киирдэ. Ол иһигэр доруобуйа харыстабылыгар – 104, үөрэхтээһиҥҥэ – 207, спорт эйгэтигэр – 89, култуураҕа – 105, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа – 523, социальнай эйгэҕэ – 16, предпринимательствоҕа – 13, тыа хаһаайыстыбатыгар – 385, суол-иис, тырааныспар эйгэтигэр — 65, гаастааһыҥҥа – 56, сибээскэ – 85, айылҕаны харыстааһыҥҥа – 22, дьиэ-уот эйгэтигэр – 17252 эбийиэк тутулунна.

Уонча сыл устата барыта холбоон 2,2 трлн. солк. инвестиция киирдэ. Биир мөлүйүөнү кыайбат нэһилиэнньэлээх регион холугар ити улахан көрдөрүү.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА