Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ үлэлээх

«Рослесхоз» тэрилтэ 2020 сыллааҕы үлэтигэр түмүк таһарда: ойууру чөлүгэр түһэриигэ ылыммыт былаан туолла. Бэлиэтээбиттэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ үлэлээх — 73 тыһ гектар сир.


«Экология» нацбырайыак «Ойууру харыстааһын» федеральнайдааҕы бырайыагынан 2020 сылга ойууру чөлүгэр түһэриигэ 1,17 мөл гектар иэни хабар. Бу былааннаммыттан 106% көрдөрүү.

Сибирдээҕи федеральнай уокурук бастыҥ көрдөрүүлээҕинэн бэлиэтэннэ. Иркутскай уобалаһыгар — 145 тыһ. га, Красноярскай кыраайга — 100 тыһ. гектартан тахса.

Уһук Илиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бастыҥ — 73 тыһ. га. Иккис — Хабаровскай кыраай, 63 тыһ. га-тан тахса.

Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай уокурукка Вологодскай уобалас инники сылдьар – 82 тыһ. га. 74 тыһ. га — Архангельскай уобалас, 56 тыһ. га-тан элбэҕи — Коми.

Сиһилии https://ysia.ru/yakutiya-stala-liderom-na-dalnem-vostoke-po-vosstanovleniyu-lesov/

This post was published on 11.03.2021 16:01 16:01