29 Кулун тутар 29.03
  • -15°
  • $ 92,26
  • 99,71

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аппаратын судаарыстыбаннай-правовой управлениетын официальнай быһаарыыта

15:53, 15 февраля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ СӨ норуодунай депутата Е.П.Жирков 2015 сыл түмүгүнэн дохуотун, ороскуотун, баайын-дуолун туһунан сибидиэнньэни болдьоҕор түһэрбэтэҕин туһунан ырыталларынан сиэттэрэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аппаратын судаарыстыбаннай-правовой управлениета быһаарыы биэрэр.


«Коррупцияны утарылаһыы туһунан” 237 №-дээх 2008 сыл ахсынньы 25 күнүнээҕи федеральнай сокуон (салгыы 273 №-дээх сокуон) уонна “РФ субъектарын бэрэстэбиитэллээх уонна ситэриилээх былаастарын уорганнарын уопсай бириинсиптэрин туһунан» 184 №-дээх 1999 сыл алтынньы 6 күнүнээҕи федеральнай сокуон (184 №-дээх федеральнай сокуон) 2015 сыл сэтинньи 4 күнүттэн саҥа редакцияҕа туттуллаллар.

Ол курдук 273 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, РФ субъектарын парламеннарын бары дьокутааттара, ол иһигэр бастайааннай төрүккэ үлэлээбэт дьокутааттар бэйэлэрин уонна кинилэр кэргэттэрин, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорун дохуоттарын, ороскуоттарын, баайдарын-дуолларын туһунан сибидиэнньэни түһэрэллэрэ ирдэнэр. 184 №-дээх федеральнай сокуон бигэргэппит нуормата итинник сибидиэнньэни букатын түһэрбэтэх эбэтэр кэмигэр түһэрбэтэх дьокутааттары боломуочуйатыттан тохтотор төрүөттээх.

Ил Түмэҥҥэ дьокутааттар сибидиэнньэни түһэриилэрин хонтуруоллуур хамыыһыйа 2016 сыл ыам ыйын 16 күнүгэр дьокутааттар 2015 сыллааҕы дохуоттарын сибидиэнньэлэрин көрбүтэ. Маныаха Егор Жирков декларациятын киллэрбэтэҕин иһин хамыыһыйа киниэхэ сибидиэнньэни түһэрэрин туһунан биллэрии ыыппыта.

2016 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Е.П.Жирков дохуотун туһунан сибидиэнньэни түһэрбитэ, ол туһунан Ил Түмэн сайтыгар тахсыбыта. Тоҕо хойутаан биэрбитин төрүөтүн дьокутаат уһун кэм устата манна миэстэтигэр суоҕунан, ыраах айаҥҥа сылдьыбытынан быһаарбыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Прокуратуратурата Ил Түмэҥҥэ ирдэбил сурук актатын ыыппытын, 2016 сыл бэс ыйыгар мандат уонна регламент хамыыһыйата көрбүтэ. Хамыыһыйа бу боппуруоска сыһыаннаах бары матырыйаалы ирдээбитэ.

Парламент каникулун кэнниттэн Ил Түмэн мандаакка уонна регламеҥҥа хамыыһыйата туһааннаах боппуруоска иккитэ мунньахтаабыта. Ол курдук 2016 сыл сэтинньитигэр Е.П.Жирков көрдөһүүтүнэн, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сылдьарынан, кини кыттыылаах мунньаҕы хаттаан ыыппыта. 2016 сыл ахсынньы 6 күнүгэр хамыыһыйа бу боппуруоһу пленарнай мунньахха киллэрэри быһаарбыта. Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин этиитинэн туһааннаах боппуруос ХХVI пленарнай мунньахха (уочараттаах) көрүллүбэтэҕэ. Ол эрээри боппуруос, сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын көрүүтүгэр киириэҕэ.

Маны сэргэ, 2016 сыл алтынньы 26 күнүгэр буолбут ХХIV пленарнай (уочараттаах) мунньахха Ил Түмэн дьокутаата Юрий Михайлов боппуруоһа көрүллүбүтэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Ю.П.Михайлов Ил Түмэҥҥэ дьокутааттыыр боломуочуйатыттан тохтуурун туһунан суругунан сайабылыанньа киллэрдэ. Онон туһааннах боппуруос кэлэр пленарнай мунньахха бэбиэскэтигэр киириэҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар