19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Саха дьоно Уһук Илиҥҥэ сир ылалларыгар бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэлэр көмөлөһүөхтэрэ

10:23, 06 октября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дойду регионнарыгар баар Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэлэрэ Уһук Илиҥҥэ гектар сири босхо ыларга сүбэнэн-аманан көмөлөһүөхтэрэ. Ити туһунан тас сибээс миниистирэ Владимир Васильев эттэ.


Санатар буоллахха, алтынньы 1 күнүттэн күүһүгэр киирбит федеральнай сокуон быһыытынан Уһук Илин дьоно-сэргэтэ олорор сирдэринэн, оттон олунньу 1 күнүттэн Уһук Илин бары регионнарыгар сири босхо ылар бырааптаахтар.

«Биһиги сабаҕалыырбытынан, дьон Амур, Хабаровскай уобаластарыгар, Приморскай кыраайга сир ылар баҕалаах буолуохтарын сөп. Ол иһин ити регионнарга баар бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэлэрбит көмө-тирэх буолалларын туһунан кэпсэттибит», —диэтэ Владимир Васильев.

Миниистир этэринэн, бэрэстэбиитэлистибэ үлэһиттэрэ чопчу ыйыллыбыт сиргэ тиийэн бу сир төһө табыгастааҕын көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Ону таһынан Уһук Илиҥҥэ үөрэнэ сылдьар устудьуоннартан турар волонтердары, саха диаспоратын маныаха түмэ тардыахтара.

«Бырайыак тэтимнээхтик барарыгар бу сүрүн төһүү буолуоҕа», — диэтэ Васильев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА