19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Саас саамай муҥутуур кэмэ. Ыам ыйын билгэтэ

14:01, 01 мая 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйа — Салама ыйа. Айыыһыт түһэр кэмэ. Сахалар айылҕаҕа сүгүрүйэн, араас туому толороллор. Ыам ыйа — саас саамай муҥутуур кэмэ.


Ыам ыйын 6 күнэ — Дьөгүөрэйэп. Бастакы кус кэлэр. От бытыгырыыр, сүөһү уостаан аһыыр.
Ыам ыйын 8 күнэ — ырыаһыт чыычаахтар тоҕо анньан көтөн кэлэр кэмнэрэ.
Ыам ыйын 12 күнэ — хаһыҥ түһүөн сөп.
Ыам ыйын 13 күнэ — киэһэлик ичигэс, уу чуумпу, онтон сулустаах түүн буоллаҕына, ардаҕа суох сайыны күүт.
Ыам ыйын 14 күнэ — үчүгэй күн буоллаҕына — күһүнэ өлгөм үүнүүлээх, хаҕыс күн буоллаҕына, кыһына — тымныы.
Ыам ыйын 19 күнэ — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.
Ыам ыйын 22 күнэ — сааскы Ньукуола. Кэҕэ этэр, сүөһү мэччийэн аһыыр. Сайыҥҥы хонук саҕаланар.
Ыам ыйын 28 күнэ — сылаас күн буоллаҕына, сайыны быһа сылаас буолар. Ый туолуута. Сайылыкка көһөр ый.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА