29 Кулун тутар 29.03
  • -10°
  • $ 92,26
  • 99,71

Сүбэ: Саха сиригэр халаантан эмсэҕэлээбиттэр толуйууну хайдах ылыахтарын сөбүй?

16:12, 16 мая 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин халаантан эмсэҕэлээбит олохтоохторугар материальнай көмө көрүллэр. Эмсэҕэлээбиттэргэ барыларыгар харчынан толуйуохтара.

Өрөспүүбүлүкэ саппаас фондатыттан киһиэхэ 5000 солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх материальнай көмө көрүллэр. Малын-салын сүтэрбитин иһин 10-тан 20 тыһыынча солкуобайга диэри харчынан көмөнү биэриэхтэрэ. Биһиги сайпытыттан сайабылыанньа образеһын бэчээттээн таһаарыаххытын сөп.

Санатан эттэххэ, Саха сирин сиригэр-уотугар федеральнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы режимэ олохтонно. Ол иһин федеральнай саппаас фондаттан маннык төлөбүр олохтонор: биир кэмнээх материальнай көмө – киһиэхэ 10000 солкуобай уонна малын-салын сүтэриигэ – киһиэхэ 50000-тан 100000 солкуобайга диэри.

Көмөнү ылыы бэрээдэгэ:

1. Сайабылыанньаны биэрии — дьиэ кэргэн биир бэрэстэбиитэлэ биир кэмнээх материальнай көмөнү уонна (эбэтэр) халаан түмүгэр малларын-салларын сүтэрбиттэригэр үбүнэн көмөнү ылыыга анал форманы толорор.

Сайабылыанньа олохтоох дьаһалта аадырыһыгар ыытыллар. Сайабылыанньа образеһын таһаар (22кб, doc)

2. Докумуоннар: сайабылыанньаны биэрэргэ докумуоннар куопуйалара наадалар (пааспар, төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ).

3. Биэрии болдьоҕо: сайабылыанньаны ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитин кэннэ биир ыйы хойутаабакка.

4. Көрүү болдьоҕо: сайабылыанньаны хамыыһыйа биэс хонук иһигэр көрүөхтээх. Бу кэм устата ыйыллыбыт чахчылары бэрэбиэркэлииллэр, дьиэ-уот төһө эмсэҕэлээбитин уонна мал-сал туһаттан төһө тахсыбытын көрөллөр, акт толоруллар.

5. Бу акты олохтоох дьаһалта баһылыга бигэргэтэр.

6. Көмөнү ылааччылар испииһэктэрин олохтоох дьаһалта оҥорор уонна салгыы оройуон дьаһалтатыгар ыытар. Оройуон таһымыгар оройуон бары нэһилиэнньэлээх пууннарыгар гражданнар испииһэктэрэ оҥоһуллар.

7. Олохтоох салайыныы уорганнара ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбитэ биир ыйтан хойутааһына суох Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар муниципальнай көрүҥнээх ыксаллаах балаһыанньаны туоратыыга үбүнэн хааччыйыы миэрэлэригэр саппаас фондаттан бүддьүөт ассигнованиетын биэрэр туһунан көрдөһүү түһэрэллэр.

8. Үбү биэрии – бигэргэтэр докумуоннары ылан баран, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ саппаас фондатыттан үбү биэрэр туһунан боппуруоһу көрөр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын уурааҕын барылын бэлэмниир уонна сөбүлэһиигэ киллэрэр.

Федеральнай саппаас фондаттан үбү биэриини Арассыыйа ЫБММ көрөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА