19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Россия күнэ. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев эҕэрдэлиир

10:03, 12 июня 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Күндү сахам дьоно! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Россия Күнүнэн эҕэрдэлиибин!


1990 сыллаахха ылыныллыбыт Россия Федерациятын судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация биһиги элбэх омуктаах дойдубутугар көҥүл, демократия, федерализм уонна суверенитет сайдан кэлбит бэлиэтинэн буолбута.

Бэс ыйын 12 күнэ – Ийэ дойдуга сөҕүрүйбэт тапталы, төрүт үгэстэрбитигэр, дьиэ кэргэн сыаннастарыгар уонна норуот историятыгар ытыктабыллаах сыһыаны кытта быстыспат ситимнээх. Бу барыта төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну, аҕа көлүөнэҕэ сүгүрүйүүнү, инникигэ эрэли кэрэһилиир.

Билиҥҥи Россия – үйэлэргэ быстыспат доҕордуу сыһыаннаах, амарах санаалаах, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх дьонунан-сэргэтинэн күүстээх уонна сиэдэрэй кэрэ айылҕатынан баай!

Күндү доҕоттор! Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну уонна кытаанах доруобуйаны баҕарабын!

Бырааһынньыгынан! Россия Күнүнэн!

П.В. Гоголев,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА