4 Ахсынньы 04.12
  • -28°
  • $ 106,19
  • 112,02

РИК: Дьон-сэргэ олоҕун тупсарар инниттэн

14:09, 30 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин бырабыыталыстыбатын көҕүлээһининэн тэриллибит «Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай хампаанньа» (РИК) 2007 сылтан тыа сирин сайдыытыгар туһуламмыт бөдөҥ бырайыактары олоххо киллэрэн, киэҥ хабааннаах тутуу үлэтин ыытан кэллэ. Бэйэтин кэмигэр, хампаанньа «Якутуголь» таас чох холдинын акцияларын атыылааһынтан киирбит харчыны түмэн тэриллибитэ. Бүгүҥҥү туругунан, РИК ылыммыт эбэһээтэлистибэтин 98% кэриҥэ толордо, 36,7 млрд солк суумаҕа тутуу үлэтэ ыытылынна. Бу сылынан РИК Мировой сөбүлэһиинэн үлэтин сүрүн хайысхатын түмүктээн, коммерческай бырайыактарга үлэтин күүһүрдэн, Саха сирин дьонун-сэргэтин туһугар үлэтин салгыыр санаалаах.


РИК тэриллиитэ

РИК хайдах тэриллибитин санаан ааһар буоллахха, 2006-2007 сыллардаахха «Якутуголь» хампаанньа приватизациятын кытта ситимнээх. Онуоха өрөспүүбүлүкэбит уонна Росимущество икки ардыларыгар мөккүөр тахсан, дьыала Россия Үрдүкү арбитражнай суутугар быһаарыллыбыта. Суут быһаарбытынан уонна өр кэмнээх кэпсэтиһии түмүгүнэн, Мировой сөбүлэһии түһэрсиллибитэ. Онно олоҕуран анал сыаллаах-соруктаах хампаанньа – «РИК» акционернай уопсастыба тэриллибитэ, аукциоҥҥа салгыы атыыга таһаарыллыахтаах өрөспүүбүлүкэ бас билиитинэн буолар «Якутуголь» акциялара бу хампаанньаҕа угуллубуттара. Ону кытта хампаанньаҕа «Эльгауголь» акцияларын пакета эмиэ угуллубута. Сөбүлэһии быһыытынан, аукцион түмүгүнэн ылыллыбыт үп-харчы барыта Саха сирин инфраструктурнай уонна социальнай бырайыактарын сайдыытыгар ыытыллыахтааҕа.

Былаан туолан иһэр

2007 сылтан саҕалаан Мировой сөбүлэһиини толорууга РИК 36,7 млрд солкуобай суумаҕа объектары үбүлээтэ. Атыннык эттэххэ, РИК туруоруммут сыалын-соругун 98% толордо. Онон объектары үбүлээһин 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. Тутуллубут объектар судаарыстыба бас билиитигэр сыыйа бэриллэ тураллар. Уопсайа 400-тэн тахса инфраструктурнай уонна социальнай объект тутулунна. Ол иһигэр бөдөҥнөрүн ыллахха – Томмоттон Аллараа Бэстээххэ диэри тимир суол, Дьокуускайга норуоттар икки ардыларынааҕы аэропорт, “Триумф” спортивнай комплекс, Хаандыгаҕа горнай-геологическай техникум, Аллараа Бэстээххэ транспортнай техникум, Мастаахтан Дьокуускайга кэлэр гаас үһүс утаҕа, Өлүөнэни туоруур иккис утах, элбэх олорор дьиэ уонна Дьокуускайга орто анал үөрэх тэрилтэлэрин уопсайа.
Мировой сөбүлэһиигэ киирбит сүрүн бырайыагынан тимир суолу тутуу буолбута. Ити хайысхаҕа уопсайа 15,2 млрд солк. тыырыллыбыта.Ону тэҥэ, туспа хайысха быһыытынан тимир суол ааһар оройуоннарыгар инфраструктура объектарын тупсарыы былааҥҥа эмиэ киирбитэ. Ол курдук, Алдаҥҥа медицинскэй училище үөрэнэр куорпуһа, Алдан куорат ититэр ситимнэрин 1,2 контурдара тутуллубуттара. Томмокко балыыһа, спортивнай саала, Аллараа Бэстээххэ хочуолунай үлэҕэ киирбиттэрэ. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ороссолуодата сылын аайы ууга барарынан сибээстээн, нэһилиэги үрдүк сиргэ көһөрүүгэ үлэ ыытылынна. Нэһилиэккэ 120 оҕо үөрэнэр оскуолата, хочуолунай, суол-иис, инженернэй ситимнэр тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ.
Кэккэ улууска суол-иис туруга мөлтөх, ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолан, суол хаһаайыстыбатын чэбдигирдиигэ 3,6 млрд солк. көрүллүбүтэ. Ол курдук, суолу саҥардыыга үлэ Дьокуускайга, Намҥа, Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга, Аммаҕа, Томпоҕо, Ленскэйгэ, Кэбээйигэ, кэккэ хотугу улууска ыытыллыбыта.
Үбүлээһин биир сүрүн хайысхатынан гаастааһын буолбута. Уопсайа гаастааһыҥҥа 8,7 млрд анаммыта. Онуоха тыа сирин нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы уонна нэһилиэк иһинээҕи гаас ситимнэрин тардыыга, хочуолунайдары, тыа хаһаайыстыбатын объектарын гаастааһыҥҥа сүрүн болҕомто ууруллубута. Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускай куорат таһын гаастааһыҥҥа үлэ барда. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастааһыҥҥа судаарыстыбаннай бырагыраама үбүлээһинин бу кэнники уонча сылга, сүрүннээн, “РИК” хампаанньа оҥорон кэллэ.
Дьону-сэргэни олорор дьиэнэн хааччыйыы өрөспүүбүлүкэҕэ сытыытык турар буолан, Дьокуускай куоракка, улуустарга 942 мөл. солк. олорор дьиэ-уот тутулунна.
Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх эйгэтин объектарын тутууга үлэ барда. Мииринэйгэ ХИФУ филиалын үөрэнэр комплекса, Хаандыгаҕа горнай-геологическай, Аллараа Бэстээххэ тырааныспар техникумнара тутуллубуттара.
Сунтаар, Ленскэй, Үөһээ Халыма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар норуот хаһаайыстыбатын электрическэй эниэргийэнэн хааччыйарга, үрдүк күүрүүлээх уот линияларын тардыыга 2,47 млрд солк. кээмэйдээх үп көрүллүбүтэ.

Коммерческай бырайыактар

Мировой сөбүлэһии усулуобуйатынан, 2016 сылга үп тыырыллан бүттэҕинэ, РИК үлэтэ тохтообот. Хампаанньа хапытаалыгар ууруллубут харчы бырыһыаныттан РИК бүгүҥҥү күҥҥэ 14 алын сүһүөх тэрилтэни үлэлэтэр.
Кинилэр үлэлээн-хамнаан, барыс киллэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ тутууну ыытарга уонна да атын бырайыактары олоххо киллэриигэ Мировой сөбүлэһии болдьоҕунан муҥурдаммакка, салгыырга туһуланаллар.
РИК алын сүһүөх тэрилтэлэриттэн биир бөдөҥнөрө, «Янолово» ААУо былырыын олунньу ыйыгар Усуйаана Тирэхтээҕэр хорҕолдьун хостооһунугар лицензия ылан, хайа-хостуур промышленноска күүскэ үлэлиир санаалаах. Билигин хорҕолдьун Россия промышленноһа сайдарыгар стратегическай суолталаах. Хампаанньа маны тэҥэ Усуйаанаҕа көмүс хостооһунун урукку таһымыгар таһаарар былааннаах.
Хампаанньа көҕүлээһининэн үп-харчы, инвестиция эйгэтигэр «Якутия» венчурнай хампаанньа таһаарыылаахтык үлэлиир. Экономика сайдыыта хаһан баҕарар сонуну киллэрииттэн, инновацияттан саҕаланар. Инновационнай бородууксуйаны ыллыҥ да оҥорон таһаарбаккын, уһун унньуктаах айан. Ордук кириисис тыҥаан турар кэмигэр дойдубут сайдыытыгар саҥа сүүрээн ирдэнэрэ өйдөнөр. Онон венчурнай хампаанньа инновационнай хайысхалаах тэрилтэ сайдарыгар, барыска тахсарыгар усулуобуйа тэрийэр. 2011 сылтан хампаанньа инвестиционнай бартыбыала хас да төгүл улаатта. Хампаанньа көмөтүнэн 30-тан тахса инновационнай хайысхалаах оҥорон таһаарар тэрилтэ үлэлии турар. Инвестиция уопсай кээмэйэ 20 мөл.солк. тэҥнэһэр. Холобур быһыытынан ыллахха, венчурнай хампаанньа “Бигэ” кырааска оҥорор собуотугар инвестициялаабыта. Билигин “Бигэ” Саха сиригэр ырыынак 15-20% кэриҥин ылан, тас регионнарга кытта атыылыыр буолла. Ааспыт сылга дойду үрдүнэн ыытыллыбыт күрэххэ «Бастыҥ региональнай венчурнай инвестор» аатын сүктэ.
Дьокуускайга олорор дьиэни тутар «РДР-групп» хампаанньа уставной хапытаалыгар РИК эмиэ кыттыгастаах. Ааспыт сылга «РДР-групп» Дьокуускай куорат 203 кыбартаалыгар маҥнайгы дьиэни тутан үлэҕэ киллэрдэ. Бу кулун тутар 18 күнүгэр иккис 93 кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо күлүүстэрин тутуохтара.
Тыа сиригэр суол-иис кыһалҕата сытыытык турар, үгүс дьон, табаар барыытын-кэлиитин атахтыыр. Ол иһин тыа сиригэр суол хаһаайыстыбатын сайыннарар инниттэн кэккэ сыллар усталарыгар РИК хампаанньаларын бөлөҕөр «Амгаавтодор», «Хаҥалас суоллара» уонна «Вилюйавтодор» акционернай уопсастыбалар киллэриллибиттэрэ. РИК ити тэрилтэлэр үлэлэрин чэбдигирдэр инниттэн 2015 сыл от ыйыгар «РИК Автодор» ХЭУо тэрийбитэ. Бу хампаанньа хотугу усулуобуйаҕа суолу тутууга өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлиир биир күүстээх тэрилтэҕэ кубулуйара саарбаҕа суох.
«Кластернай сайдыы киинэ» ХЭУо, «РИК Финанс» өрөспүүбүлүкэ экономикатыгар инвестиция тардыыга, үп-харчы эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлииллэр. РИК көҕүлээһининэн тэриллибит “Туймаада” атыы-эргиэн комплекса дьон-сэргэ, ыччат сөбүлээн сылдьар, атыы хамаҕатык барар сирэ.

Быйылгы былааннар

РИК ылыммыт хайысхата Саха сирин инвестиционнай кыаҕын толорорго, салгыы сайдар суолун кытта толору дьүөрэлэһэр. Билигин Саха сирэ дойду атын регионнарын тэҥэ 2030 cылга диэри социальнай-экономическай сайдыы Стратегиятын ылынаары олорор. Онуоха Ил Дархан Егор Борисов этэринии, Саха сиригэр олохтоох оҥорон таһаарыы экономиа сайдар суолунан буолар. РИК генеральнай дириэктэрэ Петр Алексеев этэринэн, алын сүһүөх тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай кыаҕын толору арыйарга үлэлэрин салгыахтара. Онуоха Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин кытта түһэриллибит кэккэ сөбүлэһиилэр кэскиллээх уонна барыстаах буолаллар. Кытай Хэйлунцзян провинциятын хампаанньалара Саха сирин соҕуруу өттүгэр промышленнай бырайыактары үбүлүүр санаалаахтар. Онон быйыл 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир РИК тэтимнээхтик үлэлээн, кириисистэн толлон турбакка, төттөрүтүн, туттан-хаптан, быыһык, уустук кэмҥэ промышленноска, олохтоох бороодуксуйаны оҥорон таһаарыыга, тутууга кимиилээхтик киирсэр, өрөспүүбүлүкэ инникитин сайдар суолугар олук уурсар бөҕөх санаалаах.

Евгения Григорьева, СӨ Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыы миниистирэ:
Бэйэтин кэмигэр, «Якутуголь», «АЛРОСА» хампаанньалар акцияларын атыылааһын үгүс мөккүөрү таһаарбыта. Сорохтор саныылларынан, Саха сиригэр үлэлиир бөдөҥ хампаанньалар акцияларын приватизациялааһын сыыһа суол этэ. Кэм-кэрдии ааспытын кэннэ эргиллэн көрөр эбит буоллахпытына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата сөптөөх быһаарыыны ылбыт эбит. Приватизациялааһынтан киирбит харчы өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар үтүө дьайыылааҕа көстөр. «РИК» хампаанньа социальнай уонна инфраструктурнай эйгэҕэ ыыта турар улэтэ өр сылларга үтүө түмүгү аҕала турарыгар саарбах суох.

Семен Софронов, РИК генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта:
РИК Мировой сөбүлэһии чэрчитинэн ыытан кэлбит үлэтэ Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ олоҕун таһыма тупсарыгар төһүү күүс буолла дии саныыбын.
Тутуу үлэтэ, чуолаан, тыа сиригэр ыытыллан кэллэ. Биллэн турар, гаастааһын, суолу-ииһи, дьиэни-уоту тутуу тыа сирин судургута суох, түбүктээх олоҕор көмө, өйөбүл буолара саарбаҕа суох.
Онон, Росимущество уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата быһаарыыларынан, “Якутуголь”, “АЛРОСА” хампаанньалар акцияларын атыылааһынтан киирбит үп-харчы дьон олоҕун тупсарарга, үйэлээх тутууга, туһалаах тэрээһиҥҥэ ыытыллан кэллэ.
Өскөтүн урукку өттүгэр өрөспүүбүлүкэ ити хампаанньалар акцияларыгар инвестициялаан олорбут эбит буоллаҕына, билигин бэйэтин дьонун олоҕун таһыма тупсарыгар инвестицияҕа кубулуйда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА