24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 25 айылҕа баһаара умайар

11:01, 17 мая 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 25 айылҕа баһаарын умулуннараллар. Итинтэн 11 бохсулунна. Уопсайа 149 га сир уокка былдьанна. Уоту умулуннарыыга 137 парашютист уонна десантник-баһаарынай, 106 ойуур харыстабылын үлэһитэ, 203 олохтоох нэһилиэнньэ, 50 анал тиэхиникэ үлэлиир.


Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспатын иһитиннэриитинэн, ыам ыйын 11 күнүттэн Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сангаар, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай сирдэригэр баһаар туруон сөптөөх кэмэ (пожароопасный сезон) олохтоммут.

Ыам ыйын 17 күнүттэн — Алдан, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Индигиир, Халыма, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Томпо улуустара эбиллибиттэр.

Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ойуурга уоттан сэрэхтээх буоларга ыҥырар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА