20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ хамандыыра, хамыһаара, байыаһа 100 тыһ.солк. бириэмийэ ылыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ устудьуон этэрээттэрин бастыҥ байыастарыгар бириэмийэ туттарар туһунан Ыйаахха илии баттаата.


Өссө 2015 сыл алтынньытыгар Егор Борисов өрөспүүбүлүкэтээҕи устудьуон этэрээттэрин сүлүөттэригэр этэн турардаах: «Устудьуон этэрээтэ — оҥорон таһаарыыга уонна экономикаҕа эрэ  буолбакка, кадры бэлэмнээһиҥҥэ эмиэ улахан күүс буолар», — диэн. Онно кини бырабыыталыстыбаҕа бу хайысханы өйүүргэ сорудах биэрбитэ.

100 тыһ.солк. суумалаах бириэмийэни сыл аайы үс номинациянан туттарыахтара:

— СӨ устудьуоннар этэрээттэрин бастыҥ хамандыыра;

— СӨ устудьуоннар этэрээттэрин бастыҥ хамыһаара;

— СӨ устудьуоннар этэрээттэрин бастыҥ байыаһа.

Куонкуруска кыттааччыны ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ туруораллар. Кыттааччы орто эбэтэр үрдүк үөрэххэ истэн үөрэнэр устудьуон буолуохтаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА