24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Путин ыам ыйын 11 күнүнээҕи этиитэ. Оҕолоох ыалы уонна биисинэһи өйөөһүн

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 12 күнүттэн «үлэлээбэт күннэр» күннэр түмүктэнэллэр. 65-тэн үөһэ саастаахтарга уонна ыарыһахтарга дьиэҕэ олорор хааччахтааһын оннунан хаалар. Элбэх дьон кыттыылаах тэрээһиннэр бобуллаллар. Эрэгийиэн баһылыктара хааччахтыыр дьаһаллары хаалларыыны эбэтэр сымнатыыны балаһыанньаттан көрөн бэйэлэрэ быһаараллар.


Социальнай эйгэ уонна доруобуйа харыстабылын үлэһиттэригэр муус устар 15 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри эбии төлөбүр олохтонор. Ыам ыйын 12 күнүттэн экэниэмикэ сүрүн салааларын чөлүгэр түһэриини саҕалыахха – сибээһи, энергетиканы, тыа хаһаайыстыбатын, оҥорон таһаарыыны уонна тутууну. Ыам ыйын 15 күнүгэр диэри бары эмчиттэр анаммыт төлөбүрдэрин толору ылыахтаахтар.
ОҔОЛООХ ЫАЛЛАРГА КӨМӨ:
— Үлэтэ суох хаалбыт төрөппүттэрдээх дьиэ кэргэттэр 18 саастарын туола илик оҕолоругар 3 000 солкуобай ылыахтара;
— Оҕо көрүүтүн босуобуйата икки төгүл улаатыаҕа – 3 375 солкуобайтан 6 751 диэри;
— 3-тэн 16-гар диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэн 10 000 солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүрү бэс ыйын 10 күнүттэн хас оҕолорун ахсын ылыахтара;
— 5 000 солкуобайы 3-гэр диэри саастаах оҕолоох бары дьиэ кэргэттэр ылар кыахтаналлар;
— Кыһалҕалаах дьиэ кэргэттэр ортотунан биир оҕоҕо 33 тыһыынча кэриҥэ солкуобайы бэс ыйыгар (6 ыйдааҕы төлөбүрү биирдэ) тутатына ылыахтарын сөп.
БИИСИНЭСКЭ УОННА СОЦИАЛЬНАЙ КЭМИЭРЧЭСКЭЙЭ СУОХ ТЭРИЛТЭЛЭРГЭ КӨМӨ:
— Бэс ыйын 1 күнүттэн кирэдьиит нөҥүө дьарыктаах буолууну анал өйөөһүн саҕаланыаҕа. Өскөтүн тэрилтэ үлэһитин ахсаанын 90% хааллардаҕына, кирэдьиит уонна бырыһыаннара толору сотуллаллар. Оттон 80% хаалларар түгэнигэр – аҥаара сотуллар;
— Муус устар, ыам ыйынааҕы уонна бэс ыйынааҕы нолуоктары (НДС-тан ураты) төлүүртэн босхолоноллор;

— Бэйэ дьарыктаахтарга 2019 сылга дохуотун иһин төлөөбүт нолуогун толору төннөрүөхтэрэ уонна биир хамнас алын кээмэйин саҕа нолуок хапытаалын биэриэхтэрэ.

Источник: © edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/etiiler/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА