25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Орто-Сурт Христофоровтара сайыҥҥы оҕуруоттарыттан биир дойдулаахтарын күндүлүүллэр

17:00, 22 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Орто-Сурт бөһүөлэгэр биэс уол амарах ийэтэ, аҕата, элбэх оҕо эһэтэ, эбэтэ Альбина Николаевна, Никита Никитич Христофоровтар олороллор. Кинилэр биллэр бастыҥ оҕуруоччуттар.


Быйыл Орто-Сурт 125 сылын туолла. Христофоровтар бэйэлэрэ үүннэрбит иҥэмтиэлээх, сибиэһэй оҕуруоттарыттан олохтоох оскуолаҕа 6 куул хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ биэрдилэр. «Кустук» оҕо уһуйааныгар 5 куул хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ аһымал акция быһыытынан бэлэх ууннулар. Улуустааҕы аҕам саастаахтар интэрнээт дьиэтигэр 8 куул хортуоппуйу эмиэ бэристилэр. Ону таһынан ыаллыы сытар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ көмө оҥордулар. «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» диэн манныгы эттэхтэрэ.

Бу курдук нэһилиэкпитигэр үтүө холобур, кэнчээри ыччаппытыгар иҥэмтиэлээх бэйэ аһын сиэтэн, чөл, доруобай олоххо сирдээһин төрүөтэ буолла. Бу эмиэ элбэх үлэттэн, көрүүттэн тарсар буоллаҕа.

«Билигин оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар угуттанан биэнсийэлэригэр олорор Христофоровтар дьиэ кэргэҥҥэ нэһилиэк олохтоохторуттан, эдэрдэртэн барҕа махтал тылларын тиэрдэбит», — дииллэр олохтоохтор.

Ааптар: Анастасия Максимова, Орто-Сурт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА