29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Ньурба улууһун Чаппандатыгар түөрт саҥа эбийиэк тутуллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэр тутуу үлэтигэр элбэх үлэ бара турар. Араас хайысхалаах 4 эбийиэк тутуллар.


Былырыын Ньурбаҕа СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Коллегиятын көһө сылдьар мунньаҕын түмүгүнэн, манна сылгы иитиитигэр аналлаах Киин тутулуохтааҕа быһаарыллыбыта. Быйыл бу сыалга министиэристибэттэн 6 мөл. солк. көрүллүбүтэ. Куонкурус түмүгүнэн «Саха-Стимул» ХЭТ кыайан үлэлии сылдьар. Холлоҕоһо тутуллан бүттэ.

Чаппанда нэһилиэгин баһылыга Краснослав Бухолов иһитиннэрбитинэн, дьиэ 30х10 м кээмэйдээх, манна дьон кэлэн хоно сытан үөрэнэригэр анаан 15 миэстэлээх гостиницалаах уонна остолобуойдаах буолар. Быйыл үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Бу эбийиэги ситэрэргэ улуустан эбии үп көрүллүөхтээх.

Дэриэбинэ кытыытыгар Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятын кытта кэпсэтиинэн 5 мөл. солк. суумалаах дьоҕус буойуна тутуута саҕаламмыт. Акылаата бетоннанан оҥоһуллубут. Быйыл бүтэн үлэҕэ киириэхтээх.

Үһүс эбийиэк — үүт тутар пуун дьиэтин аҥарыгар эти астыыр-үөллүүр сыах аһыллыахтаах. Дьиэҕэ өрөмүөн үлэтэ барбыт, оборудованиета таҥыллан туруоруллубут. Санитарнай ирдэбиллэргэ эппиэттиирдии өссө ситэрии үлэтэ барыахтаах. Бу бүттэҕинэ уонна буойуна үлэлээтэҕинэ, тэхиниичэскэй регламеҥҥа сөп түбэһиннэрэн, эти астаан-үөллээн атыыга таһааран барыахтаахтар.

Саамай улахан эбийиэгинэн 150 миэстэлээх оскуола-саад дьиэтин тутуута буолар. Бэдэрээтчитинэн «СахаАльянсСтрой» ХЭТ үлэлиир. Матырыйаалларын аҕалбыттар. Билиҥҥитэ үлэ бытаан эрээри, эбии болуотунньуктар кэллэхтэринэ суһалсыйыахтаахтар. Сыбаайалар анныларын хайыр тааһынан тэлгииллэр, «отмосткатын» кутан, ранбалкатын бүтэрэн баран, эркинин таһааран барыахтаахтар. Оскуола-саад дьиэтэ 2021 с. үлэҕэ киириэхтээх.

Улуустан 8 мөл. солк. көрүллэн, аҕыйах сыллааҕыта тутуллубут врачебнай амбулатория дьиэтэ өрөмүөннэнэ турар. Сирэ ирэн дьиэтэ түспүтүн тэҥнээбиттэр. «Капитал плюс» ХЭТ сэтинньигэ үлэтин түмүктүөхтээх.

Ааптар: Геннадий Антонов, Ньурба улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА