29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Ньурба улууһа кэлэр кыстыкка бэлэмнэнэр сайыҥҥы үлэлэргэ күүскэ турунна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурба оройуонугар барыта 15 562 тɵбɵ ынах сүɵһү, 13 271 тɵбɵ сылгы быйылгы кыстыгы этэҥҥэ туораан күɵххэ үктэммит. Ол иһигэр 5704 ыанар ынах уонна 6908 биэ баар. Хаһаайыстыбаларга саҥа тɵрүɵх тахсыыта салҕанар. Билиҥҥитэ 3361 ньирэй (былаантан 71,5%), итиэннэ 2644 кулун (38%) тɵрɵɵбүт. Дороххой аһылык 2611 тонна хаалан турар.


Ньурба оройуонун тыа хаһаайыстыбатын Департаменын салайааччытын солбуйааччыта Сергей Захаров үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ.

Үүтү туттарыы сыллааҕы былаана — 3747,9 тонна, онтон бу күҥҥэ 689,49 тонна үүт туттарыллыбыт (18,5).

«Ньурбатааҕы кɵтɵр фабриката» АО барыта 49 480 тɵбɵ сымыыттыыр кууруссаны тутар. Кɵтɵр иитээччилэр нэдиэлэҕэ 295 962 устуука бастыҥ хаачыстыбалаах сымыыты ылан атыыга таһаараллар.

Бэс ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, сааскы ыһыы түмүгэр, Ньурба оройуонун үрдүнэн барыта 279 гектарга туорахтаах култууралар ыһыллыбыттар. Ол иһигэр «Ньурбатааҕы сүɵһү аһылыгын хампаанньата» ХЭО дьэһимиэни 50 гаҕа, эбиэһи 229 гаҕа, оттон «Cүлэ» ГСУ эбиэһи 12 гаҕа ыспыттар. Уопсайынан, барыта 1474 гектарга сүɵһү сиир үүнээйилэрэ: эбиэс — 383 ганы, ааспыт сылларга ыһыллыбыт элбэх сыллаах оттор – 1014 ганы, быйыл ыһыллыбыт элбэх сыллаах оттор – 77 ганы ылаллар.

«Сүɵһү аһылыгын оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» ɵрɵспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамманан «Ньурбатааҕы сүɵһү аһылыгын хампаанньата» ХЭО (ген. дир. А.И. Илистяров) 300 гектар бааһынаны чɵлүгэр түһэрии үлэтин хаһыс да сылын утумнаахтык ыытар. Билигин тэрилтэ үлэһиттэрэ «Киппэ Бүтэйэ» учаастакка бааһына сирин таҥастааһыҥҥа үлэлии сылдьаллар.

Оройуон үрдүнэн хортуоппуй 280 гаҕа олордуллубут, ол иһигэр кэтэх хаһаайыстыбаларга – 32,82 гаҕа, бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбаларга – 5 гаҕа, ТХПК-ларга – 2 гектарга, «Ньурба оройуона» МО пресс-сулууспата https://www.instagram.com/gazeta_nyurba_ogni_nyurbu/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА