Николай Дегтярев: Хамнас тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн үрдүк буолуохтаах

Саха сирин идэлээх сойуустарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев бэрэсидьиэн Владимир Путин туһаайыытыгар бэйэтин санаатын эттэ.


«Үлэлиир кыахтаах киһи хамнаһын муҥутуур алын кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтааҕын туһунан, ону тэҥэ биэнсийэ куруутун индексациялана турарын курдук, дьоһун биэнсийэ кээмэйин олохтооһун туһунан нуормалары төрүт сокуоҥҥа бигэргэтиэххэ наада», — диэтэ Николай Дегтярев.

Санатан эттэххэ, сыллата туһаайар 16-с этиитигэр Россия бэрэсидьиэнэ дойду бүгүҥҥү балаһыанньатыгар сыанабыл биэрдэ, сүрүн хайысхаларга соруктары туруорда.

This post was published on 17.01.2020 15:37 15:37