26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Намнар үлэнэн хааччыллаллар

12:19, 29 августа 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэт «Тыа сиригэр дьарыктаах буолуу» диэн бырайыагы Нам улууһун холобуругар олоххо киллэрэн эрэр. Манна үлэтэ суох буолуу өрөспүүбүлүкэҕэ саамай үрдүк 15,1 % ылар, тэҥнээн көрдөххө, тыа сиригэр 8,8%. Бу бырайыак сүрүн сыала-соруга 2018 с. ахсынньы 31 күнүгэр диэри Нам улууһугар үлэтэ суох буолуу ахсаанын 4% диэри аччатыы.


Ол туһугар үлэтэ суох дьону бастайааннай уонна быстах үлэҕэ ыыталлар, эбии үөрэхтээһин ситиминэн саҥа идэни баһылыырга үөрэтэллэр, саҥа саҕалыыр урбаанньыттары, бааһынай хаһаайыстыбалары, бэйэ дьарыктаах дьону өйүүллэр. Бырайыагы олоххо киллэрэргэ 37,34 мөл. солк. көрүллүбүт.

СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Харлампьев иһитиннэрбитинэн, атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 64 үлэтэ суох киһи бастайааннай үлэҕэ, 329 – быстах үлэҕэ киирбит. 63 киһи саҥа идэни баһылыырга үөрэнэ киирбиттэр. Ону таһынан, улууска 16 саҥа урбаанньыт эбиллибит. Бырамыысыланнас хампаанньаларыгар баахтабай үлэнэн 19 киһи хабыллыбыт.

Урбаан эйгэтигэр үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо СӨ Инвестиционнай сайдыыга уонна урбааҥҥа министиэрис­тибэтэ маастар-кылаас уонна тренинг тэрийэн ыыппыт. Бэйэ дьыалатын сайыннарарга I Хомустаах Кыһыл-Сыыр нэһилиэгин олохтооҕор 1,5 мөл., Партизан олохтооҕор 600 тыһ. солк. микрозайм бэрилиннэ.

2018 с. «Эрэл» ТХПК Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хайысхатынан Намҥа үүт собуотун саҥардарга 6 138, 56 тыһ. солк. суумалаах субсидия гранын ылла.

Онон, үлэ көрдүү куоракка барар булгуччута суох, тыа сиригэр дьарыктаах буолууну тэрийэргэ күргүөмнээх үлэ ыытыллар.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА