24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Намҥа култуура уонна духуобунай сайдыы Дыбарыаһын бастакы сыбаайата уурулунна

18:04, 28 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, муус устар 27-гэр, Нам сэлиэнньэтигэр култуура уонна духуобунай сайдыы Дыбарыаһын бастакы сыьбаайата уурулунна. Эбийиэк 2022 сылга аанын тэлэччи арыйыахтаах.


Социальнай эбийиэктэри тутуу былааныгар уонна М.К. Аммосов 125 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэргэ олоҕуран, Ил Дархан Айсен Николаев СӨ үүнэр көлүөнэҕэ фондата бу бырайыагы олоххо киллэрэригэр эппитэ.

«РДР Групп» ХЭуо хампаанньа тутууну ыытар, СӨ Үүнэр көлүөнэтин фондата үбүлүүр. АЛРОСА-тан киирбит үптэн 450 мөл.солк. көрүлүннэ.

Эрдэ дьиэлэрэ, саахалланар кутталлаах турбута.

Бырайыактыыр-сметалыыр докумуона, госэкспертизата барыта оҥоһуллубут. Дыбарыас үс этээстээх, уопсай иэнэ 5692 кв.м.

Эбийиэги 2022 сыл үһүс кыбаарталыгар үлэҕэ киллэриэхтээхтэр. Ити кэмҥэ М.К. Аммосов үбүлүөйэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сыла бэлиэтэнэллэр, биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА