Нөмүгүгэ саҥа суол оҥоһулунна

Алтынньы үһүс өрөбүлүгэр — Суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ. Идэлээх бырааһынньыктарыгар сөп түбэһиннэрэн, «Хаҥалас суоллара» ААУо Нөмүгү нэһилиэгэр киирэр 1 килэмиэтир 350 миэтэрэ уһуннаах суолу тутан үөрүүлээх быһыыга-майгыга олохтоохторго туттарда.


Олохтоохтор үөрүүлэрэ үгүс. Ордук кырдьаҕас дьон суол үлэһиттэрин уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр. «Икки нэдиэлэ иһигэр тутан бүтэрдилэр. Хоно сытан күнүстэри-түүннэри үлэлээтилэр. Дьэ, остуол ньуурун курдук көнө суолланныбыт ээ», – диэн олохтоохтор кэпсииллэр.

СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Сергей Владимиров Нөмүгү нэһилиэгэр киирэр суол «Устойчивое развитие сельских территорий» диэн тус сыаллаах федеральнай бырагыраама суотугар оҥоһуллубутун эттэ. Тутуу уопсай суумата — 34 мөл. солк. «Суол хаачыстыбалаахтык тутулунна, төһө да кылгас кэм иһигэр тутуллубутун үрдүнэн. Тутуу надзора үчүгэйинэн сыаналаата» – диэн салгыы быһааран биэрдэ.

Нөмүгүгэ 2000-тан тахса киһи олорор. Улуус биир улахан бөһүөлэгинэн буолар. Атырдьах ыйыгар Хаҥалас улууһун II-с Дьөппөнүгэр киирэр аспаал суолу эмиэ «Хаҥалас суоллара» ААУо тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Уопсайа 3 килэмиэтир уһуннаах суолга 54 мөл. солк. көрүллүбүтэ.

This post was published on 14.10.2016 14:15 14:15