25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ кээмэйэ улаатыаҕа

12:18, 30 марта 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, 2020 сыл муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэлэр кээмэйдэрэ 6,1%-н улаатыаҕа. Бу туһунан Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи отделениетын пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрдэ. 


Социальнай биэнсийэлэри сэргэ байыаннайдарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көрүллэр биэнсийэ эбиллэр. Маны сэргэ радиационнай эбэтэр техногеннай катастрофаларга эмсэҕэлээбиттэр биэнсийэлэрэ үрдүүр.

Санатар эбит буоллахха, кырдьыынан социальнай биэнсийэ — өскөтүн киһиэхэ страховой ыстааһа уонна тус коэффициена суох эбэтэр биэнсийэ ананыытыгар онто тиийбэт буоллаҕына — бэриллэр.

Маны сэргэ социальнай биэнсийэни ыстааһа суох 1,2 уонна 3 группалаах инбэлиииттэр, оҕо инбэлииттэр, ыстааһа суох иитэн-аһатан олорбут киһитэ өлбүт буоллаҕына, итиэннэ төрөппүттэрэ ханна бааллара биллибэт оҕолор ылаллар.

Биэнсийэ пуондатын дааннайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ 28377 социальнай биэнсийэ ылааччыга индексация оҥоһулунна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА