Мииринэй улууһугар күүстээх ардах түһэн, алмаас хостуур драгалар үлэлиир сирдэригэр Иирэлээх өрүскэ даамба тоҕо барда. Онон кирдээх техническэй уу Кыра Ботуобуйаҕа, онтон Бүлүү, Өлүөнэ өрүскэ түһэр кутталланна диэн олохтоох дьон экологическай алдьархай тахсарын сэрэтэн, социальнай ситимнэринэн биллэрдилэр.
СӨ Экологияҕа министиэристибэтин үлэһиттэрэ техническэй ууга сероводород баар дииллэрин дьиҥэ суоҕунан ааҕаллар.
Уу туус уонна да атын эттиктэринэн киртийбит буолуон сөбүн этэллэр. Тахсыбыт балаһыанньаны чуолкайдыырга тустаах министиэристибэ «АЛРОСА» хампаанньаҕа уонна Мииринэй оройуонун дьаһалтатыгар туох-хайдах уу тохтубутун суругунан быһааран биэрэллэригэр көрдөстө. Бу туһунан экология министиэристибэтин Пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru
This post was published on 20.08.2018 16:57 16:57