24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Медицинскэй мааскалар Кытайтан Саха сиригэр нэдиэлэ бүтүүтэ кэлиэхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу нэдиэлэ бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэҕэ Кытайтан медицинскэй мааскалар кэлиэхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев суруналыыстары кытта көрсүһүү кэмигэр иһитиннэрдэ.


«Маҥнайгы таһаҕас тиэйэр массыыналар бэҕэһээ, кулун тутар 29 күнүгэр, айаҥҥа туруннулар. Билиҥҥи туругунан Кытайтан таһаҕас тиэрдиитин ирдэбилэ уларыйан турарын учуоттуохтаахпыт. Сорох суол өссө да сабыллан турар. Нэдиэлэ бүтүүтэ медицинскэй мааскалары тутуохпут диэн эрэнэбит», — диэн Айсен Николаев эттэ.

Бородуукта, эмп-том уонна маҥнайгы ирдэнэр табаардар саппаастарынан өрөспүүбүлүкэ толору хааччыллыылааҕын Ил Дархан бэлиэтээтэ уонна олохтоохтору сымыйа сурахха итэҕэйбэттэригэр ыҥырда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА