19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Ленскэй, Мииринэй, Өлөөн оройуоннарыгар уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар хаар, силлиэ түһэрэ күүтүллэр

16:11, 22 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэриитинэн, алтынньы 23 күнүгэр Ленскэй, Мииринэй, Өлөөн оройуоннарыгар уонна Бүлүү бөлөх улуустарга тыал 15-20 с/м, күнүс Эдьигээн, Кэбээйи улуустарыгар 19-24 с/м түргэннээх буолара күүтүллэр, тибиилээх. Өлөөҥҥө, Мииринэйгэ хаар, миэстэнэн күүстээх тыаллаах.


Халлаан туруга уларыйыытынан тустаах тэрилтэ нэһилиэнньэ сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буоларыгар ыҥырар.

Суоппардар суолга сэрэхтээхтик айанныыргытыгар этэллэр. Ордук кутталы суол быһа охсуулара, уопсастыбаннай тырааныспар тохтобуллара үөскэтэллэр. Чуолаан бу миэстэлэринэн суол халтыраан буолар. Күүстээх тыал кэмигэр массыынаны гаражка уурар тоҕоостоох.

Күүстээх тыал кэмигэр чугастааҕы эбийиэктэн араас предмет сууллуон, түһүөн сөп. Онон сатыы дьоҥҥо сэрэхтээх буоларгытыгар этэллэр. Улахан наадата суох дьиэҕититтэн тахсыбаккытыгар сүбэлииллэр.

Өскөтүн саахалга түбэстэххитинэ көмөтө ыҥырыҥ – «112», «101».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар