24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ "электроннай больничнайдары" биэриини бэс ыйын 11 күнүгэр диэри уһаттылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

65-гэр диэри уонна онтон үөһэ саастаах үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ «электроннай больничнайдарын» бэс ыйын 11 күнүгэр диэри уһаттылар. Бу туһунан социальнай страховкалааһын пуондатын Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрдэ.


Дойду салалтата 65 уонна онтон үөһэ саастаах дьон «самоизоляция» эрэһиимин тутуһууларыгар улахан болҕомто уурар. Кинилэр сыстыганнаах дьаҥтан ордук эмсэҕэлиэн сөптөөх дьон категориятыгар киирсэллэр. Ол иһин ыраахтан үлэлиир кыаҕа суох эбэтэр уоппускаҕа барар кэмэ илик үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ «электроннай больничнайдара» бэс ыйын 1 — 11 күннэригэр диэри уһатылынна.

«Боломуочуйалаах медицина тэрилтэтэ «больничнайы» ыраахтан суруйан толорор. Үлэлиир биэнсийэлээх балыыһаҕа кэлэрэ ирдэммэт. Бэс ыйын 1 — 11 күннэригэр үлэлээбэтэҕин иһин босуобуйаны регионнааҕы тустаах пуонда төлүүр. «Электроннай больничнайдар» тута үлэһиккэ төлөнөллөр, тэрилтэнэн эргитиллибэт. Докумуон толоруллубутун кэннэ сэттэ хонук иһигэр тустаахха харчыта тиийиэхтээх», — өрөспүүбүлүкэтээҕи пуонда управляющайа Марина Герман быһаарда.

Пуондаҕа эппиттэринэн, өскөтүн биэнсийэлээх үлэһит ыстааһа 8 сылтан ордук буоллаҕына — больничнайга сыппыт күнэ 100% төлөнөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА