29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Өлөөн баһылыгын быыбарыгар барыллаан түмүк билиннэ

10:01, 23 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өлөөн улууһун баһылыгын дуоһунаһыгар болдьоҕун иннинэ талыы быыбарыгар «Биир ньыгыл Арассыыйаттан» турбут Лена Иванова хотон иһэр. Барыллаан иһитиннэриини Саха сирин киин быыбардыыр хамыыһыйата сэтинньи 22 күнүгэр киэһэ 22:35 биллэрбитин СИА суруйар.


Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 22 күнүн 18:00 ч. куоластааһыҥҥа быыбардааччы 79,42% кэлбит.

Барыллаан ааҕыынан бу иннигэр хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын боломуочунайынан үлэлээбит Лена Иванова хотон иһэр. Кини туһугар куоластааччы 79% сөбүлэҥин биэрбит.  

Бэйэтин туруоруммут Христофор Васильев куолас 16% ылбыт. Атыттар 1-тэн 2% диэри куолаһы ылтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА