Өлүөхүмэ улууһугар сир аһа дэлэйдик үүннэ

Быйыл Өлүөхүмэ улууһугар өҥ сайын буолан, сир аһа дэлэйдик үүннэ. От үлэтиттэн ордон оҕо-дьахтар хомуйда.


«Өлүөхүмэ кыладабыайа» ХЭТ нэһилиэнньэттэн уулаах отону тутар былааннаах. Биир киилэтин 160 солк. сыанаҕа.

Манна таарычча эттэххэ, 69 кг отону туттарбыт киһи, баҕарар буоллаҕына, биир дьааһык (20 кг) арыы ылыан сөп. Бу үчүгэй дьаһал. Сорох дьон «сыыр биэрэллэрэ буоллар» дэһэр.

Маны таһынан нэһилиэнньэттэн хортуоппуйу, эти тутуу хайдах-туох сыанаҕа барарын билиэхтэрин баҕараллар.

Быйыл хортуоппуй үүнүүтэ үчүгэй. Эт туттарааччылар да бааллар. Маныаха тустаах дьаһалталар хаһыат нөҥүө быһаарыы биэрэллэрин бу күннэргэ күүтэбит.

Ааптар: Александр БИРИ, «Олекма» хаһыат, Ulus.Media сайт

This post was published on 07.09.2018 12:16 12:16