19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Коронавирус. Эрдэттэн сэрэтэр үлэлэр тохтоло суох бараллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавирус — ОРВИ биир көрүҥэ. Ол гынан баран, киһи тыынар уонна аһыыр уорганнара ордук күүскэ уонна түргэнник сүһүрэллэр.


Коронавирус киһиттэн киһиэхэ  ордук элбэхтик салгынынан бэриллэр. Ол аата ыалдьар киһини кытта алтыһыыттан уонна ол киһи сөтөлүттэн, ытырдарыттан түргэнник сыстыахха сөп.

ЫАЛДЬЫБЫККЫН ХАЙДАХ БИЛИЭХХЭ СӨБҮЙ?

Түргэнник сылайаҕын, муннуҥ бүөлэнэн ыараханнык тыынаҕын, ытырдаҕын, сөтөллөҕүн, күөмэйиҥ ыалдьар, иҥиирдэриҥ ыалдьаллар, кубархай көрүҥнэнэҕин, тыынаргар түөһүҥ ыалдьар, ыарахан буолар. Тоҥоҕун уонна кыраадыһыҥ тахсар.

ХАЙДАХ ХАРЫСТАНЫАХХА СӨБҮЙ?

Коронавирус тарҕаммыт тас уонна ис дойдуларын кытта айаны тохтотуохха. Элбэх киһилээх ыытыллар тэрээһиннэргэ сылдьымыахха, илиини элбэхтик суунуохха, медицинскэй маасканы кэтиэххэ, ыалдьыбыт көрүҥнээх дьонтон сэрэниэххэ наада.

ЫАРЫЫ КҮҮҺҮРБҮТ БЭЛИЭТЭ

Бэргээтэххинэ эбии отиттыахха, синуситтыахха, бронхиттыахха, пневмониялыахха, сепсистиэххэ, миокардиттыахха сөп.

ТУГУ ГЫНЫАХХА СӨБҮЙ?

Бырааһы дьиэҕэ ыҥырыахха, суһал мелицинскэй көмөҕө биллэриэххэ наада. Бэйэ билэринэн эмтэнэр бобуллар.

Хаартыска: avtovzglyad.ru

© edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/koronavirus-tu-unan-tugu-biliehhe-naadanyj/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА