20 Муус устар 20.04
  • 13°
  • $ 93,44
  • 99,58

Конституция көннөрүүлэригэр аҕам саастаахтарга дьиэлэригэр кэлэн куоластаттылар

18:01, 25 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Таатта улууһугар, Туора Күөлгэ, РФ Төрүт Сокуонугар уларытыылары киллэрэргэ куоластыыллар. Аҕам саастаах дьоҥҥо дьиэлэригэр тиийэн мааска, бэрчээкки түҥэттилэр уонна куоластаттылар.


Бүгүн, бэс ыйын 25 күнүттэн, Конституцияҕа көннөрүүлэри киллэриигэ куоластааһын саҕаланна. Пандемия кэмигэр ыарыыны тарҕаппат сыалтан, баҕалаахтарга эрдэ быыбары саҕалыыр туһунан быһаарыыны Киин быыбардыыр хамыыһыйа ылыммыта.
Саха сирин улуустарыгар куоластааһыҥҥа кыттыы көхтөөхтүк баран иһэрин сырдаттылар.
Татьяна Захарова, Таатта улууһа, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор:

— Пандемия кэмигэр аҕам саастаах дьону харыстаан, дьиэнэн сылдьан куоластаппыттарын биһирээтим. Дойдубут инники сайдыытын иннигэр куоластааһын тоҕоостоох.

Источник: © edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА