Кэбээйи улууһугар биэнсийэлээхтэн уорууну арыйдылар

Кэбээйи улууһун олохтооҕо тас таҥаһым сиэбиттэн харчылаах кумааһынньыкпын уордулар диэн полицияҕа сайабылыанньа түһэрбит.

Маныаха Тыайа сэлиэнньэтин үлэтэ суох олохтооҕо уорбаламмыт.

Уордарбыт киһи ити күн уорбаланааччыны кытта ыаллыы дэриэбинэҕэ итирдэр утаҕы ылан кэлэн, кини дьиэтигэр испиттэр. Арыгылыы олорон уоруйах биэнсийэлээх утуйбутун туһанан, сиэбиттэн харчылаах кумааһынньыгын ылбыт.

Буруйдаах киһи харчы сороҕун билэр дьонугар биэрбит, сороҕун сүтэрбит. Хоромньу кээмэйэ 11 400 солукобай. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.

СИА.

This post was published on 26.04.2018 17:36 17:36