26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Карантин үрэх уута киртийбит. Нуорманы 1000 төгүл куоһарбыт

14:59, 11 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл муус устар ыйын 14 күнүгэр Кэбээйи улууһугар Сэбээн Күөл нэһилиэгин сиригэр, «Прогноз» диэн көмүһү хостуур тэрилтэҕэ сэлээркэ илдьэн иһэр бензовоз ойоҕолуу охтубут. Ол кэннэ уматык сиргэ тохтон, устунан Карантин диэн үрэххэ түспүт.


Онтон сылтаан бу балаҕан ыйыгар диэри үрэх уута эриэн дьүһүннэнэн уста сыппыт. Быһылаантан олохтоох эбээн общиналара айдаан тардан, тустаах уорганнар баран сир уонна уу аналиһын ылбыттар. Түмүгэ киһини дьиксиннэрэр. Карантин үрэх уута киртийиитинэн, нуорманы 1000 төгүл куоһарбыт. Ону сэргэ үрэх тулалыыр сирэ эмиэ хас эмэ төгүл киртийбит. Маныаха «Прогноз» тэрилтэ бу быһылааны билиммэт.

Бу туһунан сэтинньи 7 күнүгэр экология харыстабылын уопсастыбаннай сүбэ мунньаҕар дьүүллэстилэр. Хоромньу түмүгүнэн тустаах быһаарыылар ылыллыннылар.

Аны саас тустаах үлэ бөлөҕө сир, уу аналиһын ыла Кэбээйигэ барыаҕа.

Билиҥҥи туругунан Сэбээн Күөлүгэр биэс бырамыысыланнай айылҕа баайын хостуур тэрилтэ үлэлиир. Кинилэр бары төрүт олохтоох таба иитиитинэн дьарыктанар, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуокка киирсэр эбээн сэттэ общинатын сиригэр үлэ ыыталлар. Бу тэрилтэлэр  дьайыыларыттан күн бүгүн бүтүн норуот инники олоҕо тутулуктаах, диэн НВК «Саха» суруйар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА