24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Күндэйэҕэ муҥха саҕаланна

15:23, 28 октября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сунтаарга Күндэйэ нэһилиэгэр собоҕо муҥхалааһыны саҕалаатылар. Аттаах Тумул диэн күндэйэлэргэ ытык сир таһыгар Үрүҥ Элгээн күөлгэ киһи бөҕө тоҕуоруста.


Ытыктанар үлэ бэтэрээннэрэ, элэҥнэтэр эр бэртэрэ, тыыллан хабыллан эрэр уоланнар, кэнчээри уолаттар муҥха түһэрэн сүүрдүлэр-көттүлэр. Муҥхалааһыны Өлөксөөндүр Сөдүөтэбис Мэхээйлэп иилээтэ-салайда. Хаһан эрэ аҕата Сөдүөт оҕонньор муҥха тэрийэн элбэх күндэйэлэри уонна ыалдьыттары аһаппыта. Билигин аны уола муҥха тэрийэн бар дьонун үөрдэр.

    

Киэһээтигэр элбэх Күндэйэ ыалыгар дьоро киэһэ үүммүтэ буолуо диэн сэрэйэбин. Уонна сэмээр биир эмит аймаҕым дойдум соботун ыытыа дуу диэн кэтэһэбин…

Ааптар: Иван Андреев, https://ulus.media

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар